Бэс ыйын 21 күнүгэр - Саха омуга үгүс үйэлэри уҥуордаан, сүрэҕэр - быарыгар чугастык тутан, ытыктаан кэлбит айылҕалыын алтыһар, этэ - хаана чэчириир, кута - сүрэ ыраастанар сүрүн бырааһынньыга - Өрөгөйдөөх Үрүҥ Тунах ыһыах, Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар ананан куйаар ситимин нөҥүө быһа көрдөрүүнэн ыытылынна.
- "Айыы алгыстаах төлкөлөөх түһүлгэ" ыһыах ыһыллыытын сиэрэ - туома Алгыс;
- "Тоҕус мэҥэ халлаанҥа сүгүрүйүү" дьон - сэргэ бары бииргэ Уйгу -быйаҥ көрдөһөн сүгүрүйүүнүоҥоруута;
- "Үрүҥ Тунах ыһыаҕынан" нэһилиэк баһылыга Кузьмин С.Н. ыһыах бэлиэтин Ытык Дуоҕаны киллэриитэ, эҕэрдэтэ;
- "Кымыс Айыы аһа" кымыс иһиитин сиэрэ - туома (нэһилиэк олохтоохторо, ыалдьыттар түөлбэлээн олорон быһа көрдөрүүнэн тэҥҥэ кымыс иһиилэрэ);
- "Күн оһуохайа" оһуохайы дьон - сэргэ быһа көрдөрүүнэн кыттыһыыта;
- "Алгыс арыаллаатын,кэрэ тулалаатын" ыһыах эҕэрдэ кэнсиэрэ;
- "Самаан сайыны Уруйдуу көрсөбүт" түөлбэлэринэн түһүлгэ көрүүтэ;
- "Сайылык оонньуулара" түөлбэ оҕолругар күрэх (ватсап, инстаграм нөҥүө);
- "Өбүгэ оонньуулара" эр дьоҥҥо илии - атах оонньуута (ватсап нөҥүө);
Күндү бар дьоммут! Ыһыахха этиллибит Алгыс үрдүк ситиһиилэргэ кынаттаатын, кэрэни кэрэһэлээтин! Дойдубут туһугар бары биир сомоҕо буолан күүскэ үлэлиэҕиҥ, айыаҕыҥ, тутуоҕуҥ, чэгиэн буолуоҕуҥ!
|